Бу тылдьыкка кэнники сылларга дьон болҕомтотун күүскэ тардар конфликтология, медиация эйгэтигэр туттуллар сүүсчэкэ тиэрмин, олор быһаарыылара ылбаастанан киирдилэр. Тыл үөрэҕэ этэринэн, тиэрмини оҥороруу, туттууга киллэрии суола араас буолар: 1) киирии тылы тылбаастаабакка, бэйэтинэн туттуу; 2) тиэрмин сахалыы дьүөрэтин булуу уонна синиэним кэккэтигэр киирэр тыллар бу эйгэҕэ туттуллар суолталарын чопчулаан, миэстэлэрин булларыы; 3) тиэрмини сүһэн ылан тылы айыы мадьыалын туттан саҥа тылы, тиэрмин суолталаах тыл ситимин оҥоруу уо.д.а.
Хас биирдии ньыма бэйэтэ уустуктаах, тылбаасчыты да, эрэдээктэри да толкуйдатар, төбөтүн сынньар түгэннэрдээх. Ол нуучча, саха тылын уратытыттан, өйдөбүлү бэлиэтээһиҥҥэ үөрүйэхтэрэ туспатыттан, тиһиккэ киирэр тиэрминнэр бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарануучча уонна саха тылыгар тэҥэ суохтарыттан төрүөттээх. Саҥа тылдьыт туһунан этэр буоллахха, манна киирии тылы нууччалыы суруйуу улахан кыһалҕаттан киирдэ: бириинсип, стратегия, оруол диэн курдук уруккуттан быһа тылбаастаммакка туттуллар өйдөбүллэр уонна чолунуоктуу иллэһиннэрии, джентельменнии сөбүлэһии диэн курдук саҥардыы киирэр аҕыйах тиэрмин.
Сүһэн ылыы көмөтүнэн оҥоһуллубут уонна араас эйгэҕэ элбэхтик туттуллар өрүт, сирэй уо.д.а., ону тэҥэ кэрэхсэбил, тумус киһи, илин былдьаһыы уо.д.а. курдук тиэрмин тылдьыттарыгар киирэн олохсуйбут тиэрминнэри утумнаан тутуннубут. Биллэн турар, иирсээн норуот аайы баар көстүү. Онон бу эйгэҕэ туттуллар өйдөбүл барыта кэриэтэ саха тылыгар бэлиэтэнэр тыллааҕа буолуо диэн санааттан өр көрдөөн, уһуннук толкуйдаан, манипуляция – өйү сүүйүү, конфликтное поведение – баппат майгы диэн дьүөрэни буллубут.
Хас даҕаны дьүөрэлээх тиэрминтэн сүбэлэһии түмүгэр биири талан, тылдьыт тустаах ыстатыйаларыгар барытыгар биири туттарга дьулустубат. Холобура, тутта- хапта сылдьыы, быһыы, быһыы-майгы, быһыыланыы диэн поведение диэн тыл тылбаастанар синиэнимнэриттэн быһыыланыы диэнин талан тиэрмин быһыытынан утумнаахтык тутуннубут. Оттон эйэлэһии, иллэһии, тупсуу диэн сининэнимнэр суолталарын чопчулаан, примирение, медиация, посредничество диэн бу эйгэҕэ киэҥник туттуллар, суолталара нуучча тылыгар чопчу араҥаламмыт тиэрминнэр дьүөрэлэрэ диэн быһааран, тылдьыт былаһын тухары уларыппакка, булкуйбакка туттуннубут.
Аны атын эйгэҕэ араастаан туттуллар эбэтэр тиэрмин суолтата суох тыллар баар буолаллар. Холобура, обида – өһүргэтии, атаҕастабыл буолбакка, бу тылдьыкка өһүргэнии диэн чопчуланна – конфликтологияҕа атын дьон дьайыытын быһыытынан буолбакка, киһи тус бэйэтин ылыныытын быһыытынан өйдөнөр тиэрмин эбит. Өссө холобур: конфликтоген диэн нуучча да тылыгар тылбааһа суох туттуллар тиэрмин бу тылдьыкка иирсээн сылтаҕа диэн тылбаастанна. Биллэн турар, итинник сүүмэрдээн наардааһын өйдөбүл, тиэрмин ис дьиҥин билии, тиэрмин тиһигин өйдөөһүн түмүгэр эрэ кыалар. Идэлээх киһи үтүөтэ онно сытар.
Түмүктээн эттэххэ, анал идэ эйгэтигэр, кыараҕас эйгэҕэ туттуллар сахалыы тиэрмин баар буоллаҕына, суолтата быһаарыллан чопчуланнаҕына, бу эйгэ туһунан сахалыы холкутук сэһэргиир кыахтанабыт, бу саҥа эйгэҕэ төрөөбүт тылбытын көхтөөхтүк туттан барабыт – ол аата төрөөбүт тылбыт туттуллар эйгэтин кэҥэтэбит, кыаҕын арыйабыт. Онуоха сүрүн дьонунан тыл үөрэхтээхтэрэ буолбакка, анал идэтийбит дьон буолар. Тоҕо диэтэр, кинилэр бу эйгэни толору билэллэр. Манна туттуллар тыл-өс суолтатын, ис хоһоонун ымпыгын-чымпыгын билиини-сатабылы ылбыт нууччаларын тылынан даҕаны, толкуйдуур, санаа үллэстэр төрөөбүт сахаларын тылынан даҕаны сиһилии быһаарар кыахтаахтар. Оттон тыл идэлээхтэрэ бу түгэҥҥэ билим сокуонунан саҥа тыл суолтатын чопчулаан биэрэр, тиэрмин, халыып тиһигэр миэстэтин булларар, нуучча-саха тылын алтыһыытыгар тахсар булкаас саҥаны ыраастыыр эрэ соруктаахтар. Онон бу бырайыак күннээҕи олоххо көдьүүһэ, төрөөбүт тылбыт сайдыытыгар, уһун үйэлэнэригэр суолтата, биллэн турар, олус улахан.
Акулина Васильева, бырайыак хамаандатын чилиэнэ,
б.б.х., М.К. Аммосов аатынан ХИФУ дассыана